Бэс ыйын 13 диэн Григориан халандаарыгар сыл 164-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 165-c күнэ). Сыл бүтүө 201 күн баар
ХНТ — Аан дойдуга альбинизм туһунан кэпсиир күн.
Аан дойдуга иистэнньэҥнэр Иистэнэр массыына күнүн бэлиэтииллэр. Аан бастаан прототибин Леонардо да Винчи XV үйэҕэ оҥорбута да буоллар, бастакы патены 1790 с. Англия айааччыта Томас Сейнт ылбыта. Бу күнү иистэнэр массыына күнүн быһыытынан аан дойдуга билинэллэ
Аан дойдуга божья коровка күнэ.
Аан дойдуга булавка төрөөбүт күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 922 — (быһа барыллаан) Волга Булгарията (аныгы Татарстан, Чувашия бу дойдуттан силис тардаллар) ислаамы судаарыстыбаннай итэҕэл быһыытынан ылынар сиэрэ-туома ыытыллыбыт.
- 1373 — Англия уонна Португалия билиҥҥигэ диэри көтүрүллэ илик сойуустаһыы дуогабарын түһэрсибиттэр.
- 1909 — Арассыыйа импиэрийэтин Дуумата Финляндияны нууччатытыыны күүһүрдэр туһунан сокуон ылбыт.
- 1924 — РСФСР норуотун хамыһаардарын сэбиэтэ «РСФСР-га киинэ дьыалатын тэрийии туһунан» уураах таһаарбыт. «Совкино» үөскээбит. Киинэ прокатын судаарыстыба монополиялаабыт (атыттар киинэ көрдөрөллөрүн боппут).
- 1941 — соторутааҕыта ССРС-ка киллэриллибит Латвияҕа, Литваҕа уонна Эстонияҕа 13-тэн 14-с чыыһыла түүнүгэр дьону бүтүн ыалынан Сибииргэ күүс өттүнэн көһөрүү саҕаламмыт.
- 1944 — Иккис аан дойду сэриитэ: Германия V1 кынаттаах ракетаны аан бастаан туттан Англияҕа ыыталаабыт. 11 ракетаттан түөрдэ эрэ сыалын булбута.
- 1955 — Саха Сирин арҕаа өттүгэр, аныгы Мииринэй куорат аттыгар, геологтар этэрээттэрэ (Юрий Хабардин, Екатерина Елагина, Владимир Авдеенко, оробуочайдар Серафим Жуков, Григорий Герасимов, каюр Иннокентий Иевлев) алмаас таас үөскээбит сирин булбут — «Мир» диэн ааттаммыт кимбэрилиит туруупкатын. Бу күнтэн Арассыыйа алмааһы хостуур бырамыысыланнаһа сайдан барар. Санаттахха «Зарница» диэн ааттаммыт бастакы туруупканы билиҥҥи Удачнай куорат аттыгар биир сылынан эрдэ булбуттара, ол эрээри бастаан оччо перспективата суох дии санаан алмааһын хойут хостуур буолбуттара.
- 1955 — Миирнэй куорат олохтоммут күнүнэн ааҕыллар, 1956 с. (сэтинньи 30 күнүгэр оробуочай бөһүөлэк статуһун ылбыт; 1959 с. муус устар 3 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи куорат буолбут; 1965 с. Миирнэй оройуонун киинэ буолбут.
- 1969 — Байконур космодромтан «Протон-К» ракета-носитель Ыйга көтүөхтээх Луна-15 хараабылы анал траекторияҕа таһаарбыт.
- 1983 — Юпитеры чинчийэр сыаллаах көппүт Пионер-10 автоматическэй зонд Нептун орбитатын ааһан Күн систиэмэтиттэн тахсыбыт. Тас космоска бу зонду баҕар ким эмит булуо диэн иһигэр кылгас илдьит угуллубута.
- 1994 — Анкоридж суута (Аляска) Exxon хампаанньаны уонна Джозеф Хейзелвуд хапытааны Exxon Valdez саахалыгар буруйдаахтар диэн быһаарбыт. Мантан сылтаан эмсэҕэлээччилэр хоромньуларын толуйарга 15 миллиард дуоллары көрдөөбүттэрэ.
- 2002 — АХШ Ракетаны утары көмүскэнии сөбүлэҥиттэн (ПРО) тахсар.
- 2010 — Устуоруйаҕа бастакытын астероид кыырпаҕын аҕалбыт Дьоппуон космическэй аппарата Хаябуса сэттэ сыллаах миссия кэнниттэн Сиргэ түспүт.