Бэс ыйын 10 диэн Григориан халандаарыгар сыл 161-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 162-c күнэ). Сыл бүтүө 204 күн баар.
- Арассыыйа — МВД пресс-сулууспатын күнэ.
- Бу күн Арассыыйаҕа «Союзмультфиль» киннэ устар устуудьуйа төрөөбүт күнэ.
- Аан дойдуга уустар, уран тарбахтаахтар күннэрэ.
- Модерн аан дойдутааҕы күнэ. Архитектуураҕа, живописька, поэзияҕа, музыкаҕа уо.д.а. модерн истиилин дьоҥҥо билиһиннэрээри бэлиэтэнэр. Аан бастаан 2013 с. Венгрияҕа бэлиэтэммитэ, кэлин Европа дойдулара уонна тэрилтэлэрэ өйөөбүттэрэ. Бу күн истиил икки уһулуччулаах бэрэстэбиитэлэ өлбүттэр эбит: Антонио Гауди уонна Эден Лехнер.
- Геральдика аан дойдутааҕы күнэ.
- Аан дойдутааҕы Мороженнай күнэ. Бу күн АХШ-гар 1786 сыллаахха аан маҥнайын элбэх ахсаанынан мороженнайы оҥоруу саҕаламмыта.
Түбэлтэлэр:
- 1807 — Гейльсберг кыргыһыыта (фр. La bataille d’Heilsberg) — Илин Пруссия Гейльсберг куоратын аттыгар (билигин Польша Лидзбарк-Варминьски куората) Наполеон I хамаандалаах француз аармыйатын уонна Л. Л. Беннигсен хамаандалаах нуучча аармыйатын ыккардыгар буолбут кыргыһыы. Хайалара да кыайыыны ситиспэтэҕэ, французтар 12 600 саллааты сүтэрбиттэрэ (1398 өлбүтүнэн, 10 359 бааһырбытынан, 864 билиэн түбэспитинэн), нууччалар — 6000 кэриҥэ киһини (өлбүтүнэн 2000).
- 1846 — Лондоҥҥа Шотландияттан төрүттээх Роберт Уильям Томсон пневматическай шинаҕа патент ылбыт. Ол эрэн маннык «салгыннаах шина» бу кэмҥэ тарҕамматах. Кэлин 1887 сыллаахха эмиэ шотландец Джон Данлоп бэлисипиэт көлөһөтүгэр пневматическай шина олордору тобулбутугар дьэ тарҕаммыт.
- 1865 — Мюнхеҥҥа Рихард Вагнер «Тристан уонна Изольда» оператын аан бастаан көрдөрбүттэр.
- 1891 — Араҥы утары эми көрдүүр Англия дьахтара Кэтт Марсден кыра этэрээтэ Дьокуускайтан Бүлүүгэ айаннаабыта.
- 1909 — Устуоруйаҕа бастакы SOS сигналы «Славония» диэн ааттаах Улуу Британия суудуната Азор арыыларыттан ыыппыт. Бу суудунаҕа айаннаан испит дьон бары быыһаммыттар.
- 1917 — Украина Киин Раадата Универсал «К украинскому народу на Украине и вне Украины сущему» диэн докумуону ылыммыт. Бу докумуон Украина автономиятын олохтообут.
- 1922 — Төхтүрдээҕи кыргыһыы буолбут, үрүҥнэр соҕурууҥҥу бөлөхтөрө урусхалламмыт.
- 1936 — ССРС-ка «Союздетмультфильм» киностудия олохтоммут (кэлин «Союзмультфильм»).
- 1940 — Италия Францияҕа уонна Улуу Британияҕа сэриини биллэрбит.
- 1945 — 1-гы, 2-с Белоруссия уонна 1-гы Украина фроннарын чаастарыттан Германиятааҕы оккупациялыыр сэбиэскэй сэриилэр бөлөхтөрө олохтоммут.
- 1962 — ССКП КК президиума Куубаҕа сэбиэскэй ракеталар баазаларын олохтуур туһунан быһаарыы ылбыт («Анадырь» эпэрээһийэ).
- 1967 — биир өттүттэн Израиль, иккис өттүттэн Эгиипэт, Сиирийэ, Иордания, Ираак уонна Алжир ыккардыларынааҕы Алта хонуктаах сэрии араабтар коалицияларын Израиль кыайыытынан түмүктэммит.
- 1996 — «Интел» холбоһук «Pentium II» процессоры атыыга таһаарбыт.