Бүгүн ол эбэтэр бэс ыйын 30 күнүгэр Бүлүү куоракка Олоҥхо дьиэтигэр Москваттан «Старость в радость» диэн саастаах, доруобуйаларынан хаччахтаах дьоҥҥо көмөлөһөр Благотварительнай фонда экспердэ Лилия Александровна Майоровалыын, Социальнай көмө сайдыытын департаменын салайааччыта Мария Викторовна Корякиналыын кытары көрсүһүү буолан ааста, тэрээһиҥҥэ Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэр бэйэлэрин үлэлэрин, илиилэринэн тикпит оҥоһуктарын быыстапкалаан туруордулар. Бу улууска улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ биһиги талба талааннаах, көхтөөх эбээлэрбит «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ киирэн бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр кыттыыны ыллылар.
«Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрин быыстапкатын кэрэ көстүүтэ.
Тимофеева Надежда Прокопьевна «Үчүгэйиэн алааспар» диэн норуот ырыаннан кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары эҕэрдэлээтэ.
Москваттан «Старость в радость» диэн саастаах, доруобуйаларынан хаччахтаах дьоҥҥо көмөлөһөр Благотварительнай фонда үлэһитэ Лилия Александровна Майоровалыын.