Саха сирин Республикатыгар Доруобуйа сылынан, Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн Ытык дьоммутугар аналлаах аһаҕас куйаар ситиминэн ыытыллар «Доруобуйа баар- бараммат баай» хаартысканан күрэххэ “Чэгиэн буол” номинацияҕа кыттааччылар
1 нүөмэрдээх кыттааччы: Иванов Николай Никифорович — Бүлүү улууһа Бөтүҥ нэһилиэгэ.
2 нүөмэрдээх кыттааччы: Павлова Екатерина Платоновна — Горнай улууһа.
3 нүөмэрдээх кыттааччы: Прокопьева Варвара Егоровна- Бүлүү улууһа Бөтүҥ нэһилиэгэ
4 нүөмэрдээх кыттааччы: Басыгысова Ирина Константиновна — Уус- Алдан улууһа Мүрү нэһилиэгэ («Сэдэгэр» скандинавскай хаамыы салайааччыта)
5 нүөмэрдээх кыттааччы: Прохорова Валентина Владимировна (61 саастаах) — Үөһээ Бүлүү улууһа Оҥхой нэһилиэгэ.
6 нүөмэрдээх кыттааччы: Семенова Сусанна Прокопьевна (65 саастаах) — Бүлүү улууһа Бөтүҥ нэһилиэгэ.
7 нүөмэрдээх кыттааччы: Татаринова Галина Васильевна (64 саастаах) — Муома оройуона, Чыбааҕылаах нэһилиэгэ.
8 нүөмэрдээх кыттааччы: Текеянова Жоржетта Ивановна (60 саастаах үлэ ветерана) — Горнай улууһа, Маҕарас бөһүөлэгэ.
Саха сирин Республикатыгар Доруобуйа сылынан, Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн Ытык дьоммутугар аналлаах аһаҕас куйаар ситиминэн ыытыллар «Доруобуйа баар- бараммат баай» хаартысканан күрэххэ “Эмтээх отунан туһан” номинацияҕа кыттааччылар
1 нүөмэрдээх кыттааччы: Алексеева Антонина Григорьевна- Бүлүү улууһа, Балаҕаччы нэһилиэгэ.
Эмтээх отунан рецеба Чэрии (Чага).
Хатыҥ маска үүнэр тэллэй арааһын көрүҥэ. Үксүн күһүн, мас сэбирдэҕэ түспүтүн кэннэ хомуйабын. Көрдүүргэ көстөрө түргэн буолар. Быһаҕынан олуйан, ыраастаан ылан баран, дьиэҕэ аҕалан түргэнник, хата илигинэ мясорубканнан эрийтэрэбин уонна подноска тэлгэтэн куурдабын. Кыһын чэй курдук көөнньөрөн куруук иһэ сылдьабыт. Гастриттаах, куртах язвалаах дьоҥҥо олус туһалаах. Рак искэнэ үүнэрин бытаардар, эмтиир свойстволаах.
2 нүөмэрдээх кыттааччы: Иванов Николай Никифорович- Бүлүү улууһа, Бөтүҥ нэһилиэгэ.
Эмтээх отунан рецеба
Үөрэ отун иван чаайы хомуйан туттабыт аһылык буолар, суоракка булкуйабыт чаай гынан иһэллэр.
3 нүөмэрдээх кыттааччы: Павлова Екатерина Платоновна — Горнай улууһа.
Эмтээх отунан рецеба “Ньээм от”
Ньээм от быар ыарыыларыгар, диэбетка, анемияҕа, ракка туттуллар.
Уҥуоҕу бөҕөргөтөр, тириигэ туһалыыр, ырарга көмөлөһөр, бүөргүн ыраастыыр, саахаргын түһэрэр,үөскэ үчүгэй.
Сиробун: сибэккиттэн күөх олоҕун кытта мясорубканан эрийэн баран 1: 2 с саахары кытта буккуйаллар сууйбакка оҥорҕут сытыйан хаалыа сөп. Өр истэххэ склероз сүтэр мэйии эргийэрэ тохтуур. Ыстакаан 1/4 ууга 1 ч нь күн аайы 5-10 ньээм оту сууйан 2-3 нэдиэлэ сиэтэххэ биллибэккэ ыарыыгыт ааһыа.
Аҕыйах сэбирдэҕи уонча күн сиэтэххэ иммунитет бөҕөргүүр эбит. Тумууну билбэт буолаҕын, тускутугар туһаныҥ.
Күннүүн бииргэ айаннаах
Күнэ суохха сүтэн хаалар,
Ырыа — тойук , үҥкүү — битии
Мэлдьи кини аргыстаах
Току — току, ньээм — ньээм
Алтан отум — сир симэҕэ
Току — току, току — току
Алтан сибэкки.
4 нүөмэрдээх кыттааччы: Федор Степанович Федоров, Розалия Ивановна Федорова- Сунтаар улууһа Күүкэй нэһилиэгэ
Эмтээх отунан рецеба Бузина отонуттан эмп.
Бузина отонноро кытаран чыычаахтар сиир кэмнэригэр отоннорун хомуйан 1л таас иһит 1/3 симэн, 0,5л водканы кутан баран дьиэ температуратыгар хараҥа сиргэ уураҕын. Икки нэдиэлэнэн водкатын сиидэлээн хараҥа бытыылкаҕа кутуллар. Бу эми тобук ыарыытыгар туттуллар. Ыалдьыбыт тобугу күҥҥэ иккитэ соттуллар.
5 нүөмэрдээх кыттааччы: Прокопьева Варвара Егоровна- Бүлүү улууһа Бөтүҥ нэһилиэгэ.
Эмтээх отунан рецеба “Үөр от”
Үөрэ отун сыл аайы уһаайбабыттан хомуйабын. Хараҥа сиргэ хатарабын. Үөрэ ото икки көрүҥнээх. Алаас киэнэ аһыы буолар. Аһыыта ордук. Үөрэ ото дьиэни ыраастыыр, ис оргаҥҥа ноорго иһиллэр. Эмп оҥосторго оргуппакка чэй курдук оностон баран, обордуунан күҥҥэ 3 иһэ сылдьабыт. Обычнай заварник иһитигэр биир ытыс оту кутабыт. Уонна сойбутун кэннэ сиидэлээн баран иһэбит. 2 нэдиэлэ иһэн баран сынньанабыт, онтон эмиэ салҕыы иһэбит. Үөрэ ото саамай туһалаах. Дьиэҕитин ыраастаныҥ, ис оргаҥҥытыгар туһаныҥ. Бэйэбит айылҕабыт баай отторун хомуйан чэгиэн — чэбдик буолуоххайыҥ
6 нүөмэрдээх кыттааччы: Ефремова Варвара Ефимовна-норуодунай маастар. Горнай улууһа, Бэс-Күөлүн нэһилиэгэ.
Эмтээх отунан рецеба.
Рецеп хаан хойдуутун ыраастааһын; 1 стол.ложка бэс иннэлэрин 200 мл. ууга оргутабыт 15 мүн. уонна куҥҥэ 3тэ аччык искэ 1 стол ложканнан иһэбит,курс 10 хонук. Куртах кислотнаһа намыһах буоллаҕына кииһилэни барыанньалаан 1:1 саахары кытта,1 чайнай ложканан аччык искэ куҥҥэ үстэ иһэбит.
Тымыр кыарааһыныгар тымырга хаан сүүрүүтүгэр көмөлөөх бэс бурдуга (пыльцата) 1 чайнай ложканы 1 стакан оргуйбут ууга настойдаан баран күҥҥэ үстэ биирдии омурдуу иһэбит.
Сурэххэ ньиэрбэҕэ боҕоруоскай оту улахан ньуосканы 200 мл ууга настойдаан 1 стол ложканы күҥҥэ 3 тэ, уһуннук истээхэ улаханнык көмөлөһөр.
Бөрө сиир отун 2 угу стакан ууга настойдаан 1 стол иьиэххэ сеп, улахан ыарыыларга, хроническай ыарыыларга туһалаах.
Хатыҥ бүөрэ 5 устууканы 100 мл. ууга көйөрөн күөмэйи сайҕаан эмтэнэбит.
Иммунитеты бөҕөргөтөргө
Сибиэһэй отону, кыһыл хаптаҕаһы сии сырыттахха С витамина элбэх буолан хааныҥ убуур, тумууга хаптарбат болаҕын.
7 нүөмэрдээх кыттааччы: Корякина Марфа Васильевна — Нам улууһа, Салбаҥ нэһилиэгэ.
Эмтээх отунан рецеба (Үөрэ ото).
Бэйэм тэлгэһэм иһиттэн хомуйан хатарабын, 200 гр. ыстакааҥҥа 1ч/л үөрэ ото, үрдүгэр итии ууну кутабын 20мин уулаах паарга оргутабын.
Сойбутун кэннэ сиидэлиибин 20-30мин аһыам иннинэ иһэбин, искэҥҥэ, аппетит көтөҕөр, запорга, куртах ас буһарарыгар көмөлөһөр.
8 нүөмэрдээх кыттааччы: Иванова Елена Гаврильевна (65 саастаах) — Бүлүү улууһа, Бөтүҥ нэһилиэгэ.
Эмтээх отунан рецеба (Посолнух).
Үүннэрэбит да аахайбаппыт, олордобут да туhаммаппыт. Бу сырыыга подсолнух олордон хайдах эмтэнэр туhунан суруйуом. Сиэмэтэ «Е» битэмиининэн баай диэн билэбит, бэлэми атыылаhан тачырҕатан сиибит. Оттон силиhэ аhары наадалаах буолуо диэн ким билтэ баарай. Ол курдук силиhэ, хааны ыраастыыр, убатар, аhары үчүгэй утах буоларын мин урукку “ЗОЖ» сурунаалтан булан ааҕан, олордон олус үчүгэйин билэбин. Күhүн үчүгэйдик оҥоhуллубут, көп-сөркөй кумахтаах буортан хостоот тутатына сууйан, хас да ууга сайҕаан сырдык аҕыйах силиhи хатарыллар. Төhө да уп-улахан буоллар силиhин киhи мыынар. Дьэ бу силиhи кум-хам тутан 1 ыстакааны 3л ууга маҥнай 5 мүнүүтэ оргутан баран, силиhин сиитэлээт хатараллар. Ол силиhи аныгыскыга 10 мүнүүтэ, онтон 15 мүнүүтэ оргутуллар. 1 ыстакаан силиспит 9 лиитэрэ сыаналаах утаҕы биэрэр. Бэрсибит дьонум сөбүлээн эбии итии ууну эбэн биэрэ сылдьабыт, амтанын өр сүтэрбэт быраҕыахпытын аһынабыт диэн күндүргэтэн иһэ сылдьаллар. Маҥнай олордорбор ыам ыйыгар рассаадалаах дьиэҕэ үүннэрэбин түргэнник улаатар. Күһүн сиэмэтэ ситэн хатарыллар сороҕун хатаран, ыһаарылаан уонна эһиилги сиэмэҕэ уураҕын.
Маҥнай туһанарбар бырааппыт ыалдьан, хаана хойдон эмин тылларыгар кыайан ылбакка сыаналаах эмэ таах хаалан,хомойон кэлэн кэпсээбитигэр ,маны ис эрэ диэн оргутан биэртим. Сарсыныгар сиэстэрэлэрэ соһуйан хаалбыттар аны хаана чыгыырар үһү. «Хайа бу тугу иһэн кэллиҥ» — диэн сүрдээҕин сөхпүттэр. Элбэх харчыга кардиомагнил диэн таблетканы, тромбозка атыылаһан иһэбит. Оттон бэйэбит олордон оҥостор оппут силиһэ аһары туһалаах, уонна хааны ыраастыырын аны билиэххэ, туһаныахха. Хаан аналиһа нэдиэлэ курдук истэххэ аһары тупсаран бүөрэ ыалдьыбыт оҕоттон билтим.
Туһаныҥ! Кытаатыҥ ыал бары күнү батыһа күлүмүрдүү үүнэн хара5ын үөрдэ олордуҥ.
9 нүөмэрдээх кыттааччы: Текеянова Жоржетта Ивановна (60 саастаах үлэ ветерана) — Горнай улууһа, Маҕарас бөһүөлэгэ.
Эмтээх отунан рецеба (Ньээм сибэкки).
Ньээм сибэккититтэн, бэс шишкаттан мүөт оноробун, тымныйыыга, сөтөлгө чайнай ложканнан иһэҕин, мүөт киһи доруобуйатын тупсарар.
Ньээм мүөт рецеба:
Хонууттан 400 шт сибэккитин хомуйаҕын уонна 2- 3 чаас ууга туруораҕын, онтон сайҕаан ылан көстөрүүлэҕэ 0,5 лиитэрэ уу кутан оргутаҕын, ол кэннэ сойутаҕын, сибэккитин сиидэлиигин, уутун ылан 1 киилэ саахар кутан оргутаҕын, 1 ч/л лимоннай кислота кутаҕын, пенатын ложканан баһаҕын. Бэс шишка оргуйара уһун, оччоҕо дьүһүнэ кытархай соҕус буолар, бэс иннэтин оргутан баран настойка оҥостон иһэллэр, былырыын ньээм оһуобай үүммүтэ, 50-тан тахса кыра, орто банканы атыылаабытым. Кучу оту хомуйан сэбирдэҕин духовкаҕа уган хатарабын, сибэккитин туспа ылан стеклянкаҕа угабын, чэй оҥосторго иккиэннэриттэн кутабын, кучу эмтээх от доруобуйаҕа олус туһалаах.