Поиск
Close this search box.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ норуот Кыайыытын 80 сылыгар уонна биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Г.И. Чиряев төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “КЫАЙЫЫНЫ УРУЙДУУР, КЭСКИЛИ КЭРЭҺЭЛИИР ЫТЫК БҮЛҮҮ» үрүҥ тунах ыһыаҕа

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ норуот Кыайыытын 80 сылыгар уонна биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Г.И. Чиряев төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “КЫАЙЫЫНЫ УРУЙДУУР, КЭСКИЛИ КЭРЭҺЭЛИИР ЫТЫК БҮЛҮҮ» үрүҥ тунах ыһыахха Тааһаҕар нэһилиэгэ туора турбакка актыыбынай кыттыыны ылла. Улууспут Ыһыаҕын үөрүүлээх арыллыытыттан саҕалаан араас культурнай тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кытынныбыт.

«Уруйдан, Улуу олоҥхо!» олоҥхону толорооччулар аһаҕас күрэскэ:

I Үрдэл — Воловик Николай (1 бөлөх — 17 гэр диэри саастаах биирдиилээн оҕолор).

КЫЛААН ЧЫПЧААЛ — «Чуораанчык» фольклорнай бөлөх (1 бөлөх — 17 гэр диэри саастаах бөлөҕүнэн оҕолор).

II Үрдэл — Шамаев Михаил (2 бөлөх — 18 тан үөһээ саастаах биирдиилээн улахан дьон).

I Үрдэл — Шамаева Сайыына (2 бөлөх — 18 тан үөһээ саастаах биирдиилээн улахан дьон).

КЫЛААН ЧЫПЧААЛ — «Тааһаҕар олоҥхоһуттара» (2 бөлөх — 18 тан үөһээ саастаах бөлөҕүнэн улахан дьон).

«Кыайыыны айхаллаан оһуохайдаан ойуоҕуҥ, эйэни түстээн эһиэкэйдээн этиэҕиҥ» үҥкүү тылын этээччилэр күөн күрэстэрэ:

Анал ааттар —  Андреев Эрхан, Григорьев Олег (6-14 саастарыгар диэри)

I Үрдэл — Шамаева Сайыына (15-20 саастарыгар диэри).

«Дьүрүйэ туой Бүлүүбүт хомуһа, дуорайа көт дойдубут тойуга!» хомус бөлөҕөр:

II Үрдэл — Тааһаҕар нэһилиэгэ.

«Дьүрүйэ туой Бүлүүбүт хомуһа, дуорайа көт дойдубут тойуга!» тойук бөлөҕөр:

I Үрдэл — Тааһаҕар нэһилиэгэ.

 

«Оһуохай түһүлгэтин киэргэлэ — Саха мааны таҥаһа»  саха таҥаһын көрүү күрэһэ.

«Уол оҕо бастыҥ сахалыы таҥаһа» — Андреев Эрхан

Дата обновления страницы: 01.07.2025