Бүлүү улууҺун ТааҺаҕар нэҺилиэгин «Эйгэ» норуот айымньытын Дьиэтин «Чуораанчык» фольклорнай бөлөх иитиллээччилэрэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи XXVI төгүлүн ыытыллар «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» бэстибээлгэ ситиҺиилээхтик кытыннылар.
Воловик Николайга — «Олоҥхо эйгэтин үөскэтии» анал аат.
Суханов Айаалга — «Истээччи биҺирэбилэ» анал аат.
Болтунов Касьяҥҥа — «Истээччи биҺирэбилэ» анал аат иҥэрдилэр.
Тэрийээччилэр, көрөөччүлэр биҺирэбиллэрин ыллылар👏👏👏👍Оҕолорбут олоҥхоҕо уҺуйуллан, саха тылын сүмэтин иҥэринэн, өссө да үрдүк ситиҺиилэри баҕарабыт, өрүү инники күөҥҥэ сырыттыннар👍👏👏👏