Муус устар 8 күнүгэр «Эйгэ» норуот айымньытын Дьиэтигэр самодеятельнай коллективтар икки ардыларынан аһаҕас көр-күлүү күрэҕэ буолан ааста, конкурска 52 кыттааччы кэлэн 26 нүөмэр буолан күөн көрүстүлэр.
Конкурс түмүгүнэн: (Оҕолорго)
- «Көрдөөх көкөт» анал аат- Григорьев Олег Тааһаҕар нэһилиэгэ.
- «Тэбэнэттээх кыыс» анал аат — Веревкина Диана Тааһаҕар нэһилиэгэ.
- «Көрүдьүөстээх көөчөөннөр» анал аат — «Эгэлгэчээн» Тааһаҕар нэһилиэгэ сал. Шамаев Михаил Николаевич.
- 1 миэстэ — «Чоргуй» фольклорнай бөлөх Тааһаҕар нэһилиэгэ. сал. Алексеева Гульнара Павловна.
Конкурс түмүгүнэн: (Улахан дьоҥҥо)
- «Чаҕылхай бөлөх» анал аат — «Эмэгэт» театральный коллектив «Быһа эфир» Өкүндү нэһилиэгэ.
- «Күргүөмнээх көр-күлүү» анал аат — «Дьэрэлэс» театральнай коллектив «Психолог» Тыымпы нэһилиэгэ.
- «Бастыҥ музыкальнай нүөмэр» анал аат — «Бэтиэхэлээх бэртэрэ» театральнай коллектив «Мэттэкэ» Чинэкэ нэһилиэгэ.
- «Дьээбэ-хообо холбуката» анал аат — Боотулуу нэһилиэгин Ольга Григорьева аатынан норуот театра. Үөһээ Бүлүү Боотулуу нэһилиэгэ.
- «Күндү күлүүк» анал аат — Орлосова Мария Савинична Чинэкэ нэһилиэгэ.
- «Көрүдьүөһү күөттээччи» анал аат — Боронов Виктор Викторович Тыымпы нэһилиэгэ.
- «Көр күлүү жанрыгар бэриниитин иһин» анал аат — Суханова Агафья Дмитриевна Тааһаҕар нэһилиэгэ.
- 3 миэстэ — «Эмэгэт» театральный коллектив Өкүндү нэһилиэгэ.
- 2 миэстэ — «Дьэрэлэс» театральнай коллектив Тыымпы нэһилиэгэ.
- 1 миэстэ — «Эгэлгэ» көр-күлүү норуот театра Тааһаҕар нэһилиэгэ.
- Гран-При — «Бэтиэхэлээх бэртэрэ» театральнай коллектив Чинэкэ нэһилиэгэ.
Конкурс видеотын толору ссылката: https://vk.com/video-212592393_456239131