Россия норуоттарын култуураҕа нэҺилиэстибэтин, Саха АССР тэриллибитэ 1️⃣0️⃣0️⃣ сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууҺун Чулуу дьонугар, «Эйгэ» НАДь үбүлүөйдээх 1️⃣0️⃣0️⃣ сылларынан ыытыллар ТааҺаҕар нэҺилиэгин Үрүҥ Тунах ыҺыаҕар ыытыллар «Уран тарбахтаахтар — оҺуордаах түҺүлгэлэрэ» көрүү — күрэҕин балаҺыанньата
💠💠Буолар күнэ — дьыла: Бэс ыйын 2️⃣8️⃣ күнэ, 2️⃣0️⃣2️⃣2️⃣ сыл.
💠💠Ыытыллар сирэ: ТааҺаҕар нэҺилиэгэ, «ТүҺүлгэ» сынньалаҥ парката
💠💠Саҕаланыыта: 1️⃣4️⃣ чаастан
💠💠Быыстапка сыала — соруга:
— Бастыҥ уус — уран оҥоҺуктар сиэдэрэй түҺүлгэлэрин тэрийэн көрдөрүү, сыаналааҺын;
— Норуот илииннэн уус — уран оҥоҺукка дьарыгын үтүө үгэстэрин сөргүтүү, көҕүлээҺин:
— Уран тарбахтаахтар оҥорор ньымаларын киэҥ эйгэҕэ таҺаарыы, үйэтитии;
— Өбүгэ уҺанар, иистэнэр төрүт ньымаларыгар эдэр ыччаты угуйуу, үөрэтии
💠💠Быыстапка көрүү — күрэххэ кыттар үлэлэр көрүҥнэрэ:
Туостан, мастан, тимиртэн, кылтан — сиэлтэн, сувенирнай оҥоҺуктар
💠💠Быыстапка кыттыы ирдэбилэ:
— 1️⃣8️⃣ тан үөҺээ саастаахтар кытталлар;
— хас биирдии оҥоҺукка кылгас аннотация ирдэнэр (оҥоҺук аата, матырыйаала, ааптар аата, ханнык көрүҥҥэ кыттара, хас сыллаахха оҥоҺуллубута)
💠💠Быыстапканы сыаналааҺын:
— ОҥоҺук композиционнай тутула;
— Ойуу, оҺуор киэргэл ис хоҺоонун быҺаарыыта;
— ОҥоҺук хаачыстыбата;
— Үгэс буолбут ньымалары туттуу .
💠💠Кыттыы иҺин усунуос: 2️⃣0️⃣0️⃣ солк.💠💠💠