От ыйын 14 күнүгэр «Хомустаах» культурнай этнографическай комплекска «Табыс» диэн ааттаах Саха АССР 100 сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылыгар аналлаах Өрөспүүбүлэкэтээҕи ыччат култуураҕа уонна үөрэххэ бэстибээлэ саҕаланна. Бу тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан, Саха сирин араас улуустарыттан 18 — 35 саастарыгар диэри ыччаттар кыттыыны ылыахтара, ол курдук биһиги нэһилиэкпит туора турбакка бу курдук улахан тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыыны ыллыбыт. Ыччат Өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивалынан, эйэ — доҕордоһуу — сайдыы бырааһынньыгынан Тааһаҕар нэһилиэгэ муниципальнай тэриллии баһылыга Каратаев Семен Самуилович эҕэрдэлээтэ.
Дьэ уонна Тааһаҕар нэһилиэгин олохтоохторо тэрийбит толору астаах сандалы тула ыччаттары ыҥыртаан ирэ-хоро кэпсэттибит, билистибит. Остуол тула олорон эҕэрдэ тыллар этилиннилэр ол курдук бастакыннан ыччаттары эҕэрдэлээтэ Горнай улууһун ыччат политикатыгар кылаабынай специалиһа Наталья Никитина, иккиһинэн Республикатааҕы студеннар тутар этэрээттэрин салайааччыта Яна Иванова бэйэтин эҕэрдэтин эттэ, уонна ылбаҕай ырыаннан бэйэ бэйэбитин эҕэрдэлэстибит.
Маннык курдук олус сэргэхтик, күлэ-үөрэ кэпсэтэн Тааһаҕар нэһилиэгэ дьоно-сэргэтэ астаабыт миинньигэс астаах сандалы тула олорон ыччаттары кытта билсэн-көрсөн атаарыстыбыт, «Табыс» культурнай — үөрэтэр сыаллаах ыччат Өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивалынан, эйэ — доҕордоһуу — сайдыы бырааһынньыгар ситиһиини, кыайыыны эрэ ылалларыгар айхаллаатыбыт.