Поиск
Close this search box.

«Сахам сирэ дьоллоох тускута» аһаҕас куйаар ситиминэн ыытыллар хоһоон ааҕыытын күрэһин балаһыанньата.

Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр уонна Саха АССР 100 сылыгар аналлаах «Сахам сирэ дьоллоох тускута» аһаҕас куйаар ситиминэн ыытыллар хоһоон ааҕыытын күрэһин балаһыанньата

Тэрийээччи: Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгин «Эйгэ» норуот айымньытын Дьиэтэ, олохтоох библиотека.

Ыытыллар кэмэ: Балаҕан ыйын 20 күнүттэн 26 күнүгэр диэри

Сыала — соруга:

— Төрөөбүт дойдуну, тылы таптыырга, дойдуга бэриниилээх буолуу;

— Саха суруйааччыларын хоһооннорун билии,үйэтитии:

— Хоһоону ааҕыыга кыра сааһыттан үөрэтии.

Күрэс ирдэбилэ:

— Биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн кыттыы;

— Оҕолорго үс бөлөҕүнэн арахсар:

  1. Оскуола иннинээҕи саастаахтар:
  2. 7-12 саастаахтар
  3. 13-18 саастаахтар

— 18 -тан үөһэ саастаахтар

Күрэскэ кыттааччылар Саха АССР 100 сылыгар аналлаах, Саха сирин уонна төрөөбүт дойду туһунан саха поэттарын хоһооннорунан эбэтэр бэйэ айбыт хоһоонунан кыттара ирдэнэр;

Күрэскэ кыттыыга:

— Сайаапкалары WhatsApp нөӊүө балаҕан ыйын 26 күнүгэр диэри 89627382482,89644153362, 89644163899 ыытаҕыт

«Сахам сирэ дьоллоох тускута» аһаҕас куйаар ситиминэн ыытыллар хоһоон ааҕыытын күрэһин кыттааччыларын  Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр ЭЙГЭ.РФ сайтка тахсыаҕа.

Дата обновления страницы: 20.09.2022