Аһаҕас олоҥхону толорооччу, чинчийээччи “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” оҕо бэстибээлигэр кулун тутар 23 күнүгэр Бүлүү куоратыгар “Эйгэ” норуот айымньытын Дьиэтин “Сардаҥа”фольклорнай бөлөх салайааччы Осипова Христина Ивановна, Иванова Татьяна Владимировна, “Чуораанчык” фольклорнай бөлөх иитиллээччилэрэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Улуустааҕы “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” фестиваль 25 сылынан “Эйгэ” НАДь директора Петрова Клавдия Васильевна фестиваль салайааччытын, олоҥхону үйэтитээччи Иванова Светлана Тарасовнаны эҕэрдэлээн, “Эйгэ” НАДь наҕараадатын үөрүүлээх быһыыга туттарда.
“Олоҥхо дойдутун оҕотобун” фестиваль түмүгүнэн “Сардаҥа” бөлөх – лауреат III үрдэл, Болтунов Касьян – Дипломант I үрдэл, Воловик Николай — Лауреат III үрдэл, Суханов Айаал – Лауреат II үрдэл кыайыы үктэннилэр.
Оҕолорбутугар өссө да ситиһиини, норуоппут уус-уран айымньытын, Юнеско шедеврын – олоҥхону умсугуйан ааҕан, өрүү инники күөҥҥэ сырыттыннар.