Россия норуоттарын култуураҕа нэҺилиэстибэтин,Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн,Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууҺун Чулуу дьонугар,«Эйгэ» НАДь үбүлүөйдээх 100 сылларынан ыытыллар Тааһаҕар нэһилиэгин Үрүӊ Тунах ыһыаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин туйгуна Алексеева Гульнара Павловна тус бирииҺигэр «Оллоонноон олорон олоҥхолуох» оҕолорго олоҥхо ааҕыытыгар күрэх балаһыанньата.
💠💠Буолар күнэ дьыла: Бэс ыйын 2️⃣8️⃣ күнэ,2️⃣0️⃣2️⃣2️⃣ сыл
💠💠Ыытыллар сирэ: Тааһаҕар нэһилиэгэ, «Түһүлгэ» сынньалаӊ парката, Кымыс түһүлгэтэ
💠💠Саҕаланыыта: 1️⃣4️⃣ чаастан
💠💠Күрэх сыала-соруга:
-Оҕолорго өбүгэлэрин барҕа баайын олоҥхо кэрэтин интэриэҺин тардыы, саҥа талааннары арыйыы.
💠💠Күрэх ирдэбилэ:
— кыттааччы биир олоҥхону толорор;
— толорор бириэмэтэ хааччахтаммат;
— Сахалыы таӊаһын — сабын толорута:
💠💠Кыайыыны быһаарар ирдэбиллэр:
— толоруу таҺыма;
— олоҥхо ырыаларын арааҺа, ааҕыы умсугуйуута;
— сценическай култуура
💠💠Күрэххэ кыттыы иһин төлөбүр:1️⃣0️⃣0️⃣ солк.
💠💠Күрэх түмүгүнэн 1️⃣,2️⃣,3️⃣ миэстэлэр олохтоноллор💠💠💠