Тохсунньу 7 күнүгэр «Күбэйэ» эбээлэрин түмсүүлэрэ доҕотторун, биир эйгэҕэ алтыһар түмсүүлэрин ыҥыртаан 10 сыллаах үөрүүлээх түһүлгэлэригэр түмпүттэрэ. Күбэйэ эбээлэр түмсүүлэрин дьоһуннаах, үбүлүөйдээх дьоро күнэ «Уран иис» быыстапканнан арыллыбыта. Сир симэҕинии сиэдэрэй таҥастаах Далбар Хотуттар- «Күбэйэ» эбээлэр санаалыын сырдаан, сэбэрэлиин сэргэхсийэн сахалыы таҥастарынан хааман көрдөрбүттэрэ.
Уран иис кыбыныылаах, ырыа – үҥкүү аргыстаах эбээлэрбит түмсүүлэрин үөрүүлээх түгэннэригэр эҕэрдэлии кэлбиттэрэ Бүлүү оройуонун Советын депутата Константинов Егор Ревович, Республикатааҕы «Утум» түмсүү Бүлүү улууһугар салайаачыта Томская Мария Петровна, Хампа нэһилиэгин «Далбар» эбээлэр түмсүүлэрин салайааччыта Чиркова Анна Дмитриевна, Бөтүҥ нэһилиэгин «Көлүкэчээн» түмсүү салайааччыта Петрова Раиса Николаевна. Христина Павлова – Дабайаана тылларыгар, Раиса Бандерева матыыбыгар «Күбэйэ» ырыа сүрэхтэммитэ. Бу ырыа «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрин 10 сылыгар анаммыта. «Иэйии истиҥ илдьитэ» ылбаҕай ырыалаах, кэрэ үҥкүүлээх кэнсиэртэрин киэҥ түҺүлгэтэ арылынна.
Кэнсиэркэ кыттыыны ылбыттара Саха Республикатын культуратын туйгуна Павел Осипов, эбээлэрбит үөлээннээхтэрэ «Далбар» түмсүү, «Күбэйэ Хотун» этно-фольклорнай бөлөх, «Көлүкэчээн» түмсүү, Агния Степанова, «Сайдыына» үҥкүү бөлөх.
Саха балаҕаныгар «Күбэйэ» эбээлэр сандалы остуолларын тула ыалдьыттарын истиҥ эҕэрдэлэрин иҺиттилэр, Иһирэх кэпсэтиилэр, маассабай оонньуулар, ырыа-тойук, үҥкүү-битии ыалдьыттары түмпүтэ, сэргэхсэппитэ.