Поиск
Close this search box.

Киэн туттабыт Саха буоларбынан

Бүгүн Тааһаҕар нэһилиэгэр саха балаҕаныгар үөрүүлээх түгэн, ол курдук Саха АССР төрүттэмитэ 100 сылын көрсө Сахабыт сирэ чэчирии сайдарын туһугар бары биир санааннан, биир сомоҕо буоламмыт «Киэн туттабыт Саха буоларбынан» диэн норуот айымньытын, өбүгэ оонньуутун дьоро күнэ буолан ааста. Нэһилиэк баһылыга Каратаев Семен Самуилович Саха Автоновнай Советскай Социалистическай Республиката тэриллибитэ 100 сылын көрсөр тэрээһиннэр саҕаламмыттарын биллэрдэ, бэйэтин дьонугар-сэргэтигэр бэрт сэргэхтик нэһилиэк сонуннарын, инники былааннарын кэпсээн норуотун олус диэн үөртэ.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх күн буолбут Саха Балаҕана «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ бэйэлэрин илиилэринэн оҥорбут, араас дьэрэкээн өҥнөөх, кыбытык тигииннэн оҥоһуллубут панноларынан, чаппараахтарынан киэргэйдэ, ону таһынан саҥа-урукку оҥоһуктара дьон сэргэбилигэр быыстапка быһыытынан турда, кэлбит дьон олус сэргээн, сөҕөн, махтайан бардылар. «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ үбүлүөйдээх сылы кэккэ ситиһиилэрдээх көрүстүлэр, ол туһунан «Эйгэ» норуот айымньытын Дьиэтин директора Петрова Клавдия Васильевна кэлбит ыалдьыттарга сиһилии билиһиннэрдэ, нэһилиэк баһылыгын кытары Каратаев Семен Самуиловичтыын бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин, эҕэрдэ суруктарын «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүгэ туттардылар.

Саха АССР 100 сылын көрсөр үөрүүлээх чааһын кэннэ, этигэн хомуска оонньуур, добун тойугу туойар, сытыы тыллаах чабырҕасчыт, нарын, имигэр үҥкүүбүт норуот тыынын тута сылдьар кэрэ мааны дьоммут, кэнчээри ыччаппыт кыттыылаах «Норуот айымньыта үйэлээх ситим» диэн норуот уус-уран кэнсиэрдэ саҕаланна. Бу кэнсиэрткэ Тааһаҕардааҕы Н.Н.Каратаев аатынан орто оскуола олоҥхоһут, тойуксут оҕолоро, «Күбэйэ» этно-фольклорнай ансамбль, «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ кыттыыны ылан кэлбит дьону үөртүлэр да сөхтөрдүлэр да.

Дьэ чахчы эбит үйэлэр үрдүк арҕастарын туораан кэлбит норуот айымньылара күн бүгүҥҥэ дыл дьону оҕотуттан улаханыгар, эдэриттэн кырдьаҕаһыгар диэри кэрэхсиир ардыгар сөхтөрөр. Кэнсиэр кэнниттэн түмүктүүр бириэмэ тиийэн кэлбитэ биллибэккэ хаалла, бүгүҥҥү күн түмүктүүр Саха остуол ооньуулара оонньоннулар, оһуохай дуораһыйда. «Эйгэ» норуот аймньытын Дьиэтин үлэһиттэрин ааттарыттан нэһилиэк баһылыгар Каратаев Семен Самуиловичка,  Тааһаҕардааҕы Н.Н.Каратаев орто оскуола оҕолоругар, үлэһиттэригэр, «Күбэйэ» этно-фольклорнай ансамбльга, «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэригэр, «Остуол оонньуутун сэҥэрээччилэр» түмсүү салайааччытыгар Осипов Родион Алексеевичка, кэлбит ыалдьыттарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.

 

 

Дата обновления страницы: 20.04.2022