Поиск
Close this search box.

Квест игра «Край в котором я живу»

Бүгүн «Эйгэ» норуот айымньытын Дьиэтэ, «Мичээр» оҕо уһуйаана, олохтоох ФАП, Тааһаҕардааҕы Н.Н.Каратаев аатынан орто оскуола, олохтоох библиотека биир сомоҕо буолан нэһилиэкпит оскуола оҕолоругар Саха Автоновнай Советскай Социалистическай Республиката тэриллибитэ 100 сылыгар сыһыаннаах «Край в котором я живу» диэн ааттаах квест-игра тэрийдилэр. Оҕолор ким сымсатыгар-быһыйыгар, сытыы-өйдөөҕөр икки хамаандаҕа арахсан куоталастылар, старт бэриллээтин кытта бастакы станцияларынан МБДОУ «Мичээр» оҕо уһуйаана буолла оҕолор бэриллибит ыйытыктарга оонньуу быһыытынан сөптөөх эппиэттэри көрдөөтүлэр.

Иккис станциялара олохтоох ФАП буолла, маҕан халааттаах аанньалларбыт бэлэмнээбит каарталарынан сирдэтэн булугас өйдөрүн көрдөрдүлэр, төрөөбүт Өрөспүүбүлүкэбит туһунан ыйытыктарга хоруйдаатылар.

Үһүс станциялара Тааһаҕардааҕы Н.Н.Каратаев аатынан орто оскуола буолла, оҕолорго QR кодунан подсказкалаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин туһунан ыйытыктарга хоруйдаатылар.

Түмүктүүр станциябыт «Эйгэ» норуот айымньытын Дьиэтэ буолла, олохтоох библиотекарь бэлэмнээбит оонньуутунан кинигэ булааһына буолта уонна САССР 100 сылын официальнай эмблема мозаикатын таҥнылар.

Квест-игра түмүгүнэн «Манчаарылар» (Дмитриев Дархан, Поскачин Афанасий, Иванов Андрей, Поскачина Элеонора ) хамаандалара бастаатылар, иккис миэстэ «Сахалар» (Каратаев Максим, Герасимов Петр, Боронова Камилла, Шамаева Нарыйаана) хамаандалара буоллулар. 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр ылыллыбыт Саха Автономията, оччотооҕу Саха уобалаһа өрөспүүбүлүкэ быһыытынан статустаммыта бүгүҥҥү күҥҥэ хас биирдиибитигэр сүҥкэн улахан суолталаах буолар. Бу күн бииргэ тэрийсибит тэрилтэлэрбитигэр, кыттыыны ылбыт оҕолорбутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит.

 

 

Дата обновления страницы: 21.04.2022