Хой
Бу нэдиэлэ былаһын тухары хойдор доруобуйаларын көрүнэллэрэ, уопсай туруктарын бэрэбиэркэлэнэллэрэ ордук. Дьиэ кэргэн иһигэр олох-дьаһах барыта бэрт, сулумах хойдор таптал-иэйии боппуруостарыгар эмиэ кэккэ ситиһиилэниэхтэрэ. Нэдиэлэ ортотугар уонна бүтүүтүгэр өйгүт-санааҕыт барыта харчы боппуруоһун тула түмүллүө. Өрөбүллэргэ ханна да айанныы, сынньана барбатах ордук, дьиэҕитигэр олорон сынньаныҥ.
Оҕус
Нэдиэлэ барыта таптал, дьоллоох дьиэ кэргэн уоскулаҥар устан ааһыа. Таптыыр доҕоргут хайдах курдук күндүтүн дьэ тиһэҕэр тиийэ өйдүөххүт. Сулумах оҕустары тапталга билинии күүтүөн сөп. Туохтан эрэ долгуйан, өрүкүйэн быһымах, түргэн быһаарыныылары ылынымаҥ. Бэйэҕит кыайан оронон тахсыбат “оборчоҕутугар” батыллыаххытын сөп. Киэҥ-холку буолуҥ. Өрөбүллэргэ тугу да атыыласпатах ордук.
Игирэлэр
Үлэҕэр да, дьиэҕэр да тулаҕын барытын кылбаччы ыраастаа, сааһылаа. Настарыанньаҥ тута тупсан, өйүҥ-санааҥ сааһыланан, дьэҥкэрэн кэлиэ. Нэдиэлэ бастакы аҥаарыгар үлэҕэр, карьераҕар үүнүү күүтэр. Холобур, быстах дуогабартан бастайааннай үлэҕэ көһөрүөхтэрин, дуоһунаскын үрдэтиэхтэрин сөп. Үчүгэйдик өйдөөн-төйдөөн дьаһаннаххына, хамнаһыҥ-дохуотуҥ үрдүүр кыахтаах. Өрөбүллэргэ дьону кытта иирсимэ.
Араак
Элбэх интэриэһинэй айан, саҥа билсии-көрсүү баар буолуо. Соҕотох сылдьар араактар сүрэхтэрин аҥаарын булуохтара. Дьон тугу саныырын курдары таайар-билэр уйан куттаах буолаҥҥын, барыларыгар сөбүлэтэҕин. Ону туһанан, урут өйдөспөтөх дьоҥҥунуун эйэлэһиэххин сөп. Быһата, тулалыыр дьону кытта сыһыаҥҥа балаһыанньаҥ – ааттаах. Нэдиэлэ бүтүүтэ өр аала сылдьыбыт биир уустук боппуруос быһаарыллыа. Эмоцияҕа эрэ бэринимэ.
Хахай
Дьиэ-уот, хаһаайыстыба боппуруоһун быһаарарга, тупсарарга үчүгэй кэм. Чугас дьону, аймахтары кытта сыһыан өссө тупсуо. Атын дьоҥҥо найыламмакка бэйэҥ күүскэ хамсаннаххына, элбэх ыра санааҕыттан биирин ситиһэр кыахтааххын. Өрөбүллэргэ көрдөөх биэчэрдэргэ, дьоро киэһэлэргэ барбатаҕыҥ ордук. Онтон сылтаан таптыыр киһигиниин кыыһырсыаххын сөп.
Кыыс
Тас дьүһүнүҥ тупсубутун бары бэлиэтии көрүөхтэрэ, хайгыахтара, сөҕүөхтэрэ. Онтон эр ылан, таҥаскын-сапкын, истиилгин барытын уларытан көрүөххүн сөп. Урукку-хойукку доҕоттору кытта сыһыаҥҥын сөргүт, кэпсэт, алтыс. Ол эрээри, кэлин кэмсинэ сылдьыбат курдук, тылгын аһара “көҥүл” ыытыма. Сорох түгэҥҥэ саҥарыахтааҕар саҥарбакка аһарбыт ордук буолар. Өрөбүллэргин дьиэҕэр атаар, ыалдьыттары ыҥырыма.
Ыйааһын
Кими да кытта кэпсэппэккэ, аралдьыйбакка, онно-манна барбакка-кэлбэккэ соҕотоҕун олорон уоскуйуоххун, олоҕу-дьаһаҕы анаарыаххын баҕараҕын. Ол сөп. Бу – эн ис куккун, духуобунай туруккун сааһыланаргар табыгастаах кэм. Уопсайынан, сыалы-соругу кэлэктиибинэн буолбакка, бэйэҥ соҕотоҕун ылсан толороруҥ быдан хорутуулаах буолуо. Өрөбүллэргэ ханна да айаннаабатаҕыҥ ордук: араас быһылааҥҥа түбэһиэххин сөп.
Скорпион
Бэйэҕин сайыннара, үөрэнэ, тупса сатаа… Билигин эн төһө баҕарар уустук, ыарахан соруктары кыайар кыахтаммыккын бэйэҥ да өйдүөҥ. Айар талааныҥ-дьоҕуруҥ бэркэ тобуллан сылдьар кэмэ. Бастыҥ хоһоону да суруйар, улуу хартыынаны да уруһуйдуур кыахтаах курдуккун. Доҕоттору кытта алтыһарга, сынньанарга үчүгэй кэм. Ол эрээри кимиэхэ да тугу да эрэннэримэ, ону кыайан толоруоҥ суоҕа.
Охчут
Кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо кэрээммэккэ-кэччэйбэккэ көмөлөһө сатаа. Ол бэйэҕэр туохха да тэҥнэммэт дуоһуйууну, уоскулаҥы биэриэ. Киһи аҥаардас харчынан, баайынан эрэ дьоллоох буолбат. Дууһаҥ уоскуйда да, туох барыта табыллан барыа. Үлэҕэр да, дьиэ кэргэҥҥэр да болҕомтоҕун туһаай. Өрөбүллэргэ чугас дьоҥҥун да, кэллиэгэлэргин да кытта мөккүһүмэ, этиһимэ.
Чубуку
Кэлэр кэскилиҥ, олоҕуҥ туһунан толкуйдаа. Билигин эн өйүҥ олус тобуллан, таайар-билгэлиир дьоҕуруҥ муҥутуурдук тупсан сылдьар кэмэ. Кэлэр олоххор олус наадалаах идиэйэни тобулуоххун сөп. Хата, ону умнубат туһугар кумааҕыга сурунан кэбис. Бу нэдиэлэҕэ ыра-баҕа санаа туолуутугар сыһыаннаах үөрүүлээх сюрприз кэлиэн сөп. Өрөбүллэргэ доруобуйаҕын көрүн: тымныйан ыалдьар, тумуулуур куттал баар.
Күрүлгэн
Эйиэхэ тула өттүгүттэн болҕомто бөҕө хатаммыт. Уопсайынан, бу нэдиэлэҕэ тус олоххор да, уопсастыбаҕа да, үлэҕэр да дьоһуннаах ситиһиилэр күүтэллэр. Онон, бэйэҕэр өссө үрдүк соруктары туруорун уонна ону олоххо киллэрэн бар. Эн бэйэҥ хайдах курдук улахан дьоҕурдааххын-кыахтааххын өссө ситэ өйдөөбөккө сылдьаҕын. “Болҕомто киинигэр” киирбитиҥ түмүгэр, тапталга эмиэ улаханнык табыллыаҥ.
Балыктар
Соһуччу үөрүүлээх айан күүтэр. Ол айан олус соһуччу буолуо эрээри, ыҥырдылар да – саарбахтаама, хомуна охсон бар. Бу айан эн бэйэҥ тус олоххор эмиэ үтүө дьайыылаах буолуоҕа. Ону таһынан, бу нэдиэлэ – ыал буоларга, холбоһуох буолан “илии охсуһарга” табыгастаах кэм. Тус олоххор сыһыаннаах боппуруостарга эмоцияҕа олоҕурбут түргэн быһаарыныылары ылыныма, үчүгэйдик толкуйдаа.