Поиск
Close this search box.

Ийэ сылын арыйыы

👩👵💐🌸🌸🌸«Тыйыс килиимэттээх услуобуйалаах Саха сирин норуотугар дьахтар уонна ийэ киһи кутугар сылаас уонна дууһа уоскуйуутун төрдө-төбөтө буолар. Бэйэтин тапталынан угуттаан, анаан-минээн харыстыыр аналынан кини дьиэ кэргэн киинэ буолар. Саха сирин ийэлэрин дьолуттан бүтүн уопсастыба дьоло тутулуктанар. Бу биһиги инники уонна кэлэр кэскилбитигэр саамай үрдүк сыаннастарбыт уонна тирэхпит. Ону бигэргэтэн, мин 2022 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылынан биллэрэбин», — диэн  Ил Дархан Айсен Николаев Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар  Ийэ сылын биллэрбитэ. Үөрүүлээх түгэнинэн Герой Ийэлэри уонна элбэх оҕолоох Күн Күбэй Ийэлэри чиэстээтэ Тааһаҕар нэһилиэгин баһылыга Каратаев Семен Самуилович.»Махтанабыт Күн Күбэй Ийэҕэ»диэн улахан концерт тэрилиннэ.👩👵💐🌸🌸🌸

Дата обновления страницы: 22.03.2022