Поиск
Close this search box.

Алыптаах Саҥа дьыл

Тохсунньу 6 күнүгэр нэһилиэкпитигэр ороһооспотооҕу түөлбэлэр икки ардыларынан «Алыптаах саҥа дьыл» диэн саҥа дьыллааҕы представления күрэх буолан ааста, түөлбэлэрбит олохтоохторо бары биир сомоҕо буолан олус диэн көхтөөхтүк кыттан дьон биһирэбилин ыллылар. «Мичээр» түөлбэ Татьяна Владимировна туруорбут»Зимняя сказка» диэн остуоруйа туруоран көрөөччүлэри алыптаах дойдуга илдьэн, саҥа дьыллааҕы настарыанньа бэлэхтээтэ, иккиһинэн «Түһүлгэ» түөлбэ олохтоохторо Ольга Самуиловна, Алина Альбертовна көрүүлэринэн «Куобахтар мүччүргэннээх сырыылара» диэн олус диэн бэһиэлэй куобахтардаах, араас киинэ, мультик персонажтардаах остуоруйатын көрдөрдө, үһүс «Саһарҕа» түөлбэ «Волшебное превращение» диэн Альбина Егоровна туруоруутунан олус элбэх персонажтаах остуоруйаларын дьон сэҥээриитигэр көрдөрдүлэр.

Күрэх түмүгүнэн:

🏅1 миэстэ «Түһүлгэ» түөлбэ: «Түһүлгэ» түөлбэ нүөмэрин ссылканнан баттаан көрүҥ 👉 https://vk.com/video-212592393_456239117

🥈2 миэстэ: «Саһарҕа» түөлбэ: «Саһарҕа» түөлбэ нүөмэрин ссылканнан баттаан көрүҥ👉 https://vk.com/video-212592393_456239118

🥉3 миэстэ: «Мичээр» түөлбэ: «Мичээр» түөлбэ нүөмэрин ссылканнан баттаан көрүҥ 👉 https://vk.com/video-212592393_456239116

Дата обновления страницы: 10.02.2023