Поиск
Close this search box.

«Уруйдан, оҕо саас ыһыаҕа» оҕо түһүлгэтигэр  ыытыллар күрэхтэр балаһыанньата

Россия норуоттарын култуураҕа нэҺилиэстибэтин,Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн,Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууҺун Чулуу дьонугар,«Эйгэ» НАДь үбүлүөйдээх 100 сылларынан ыытыллар Тааһаҕар нэһилиэгин Үрүӊ Тунах  ыһыаҕар «Уруйдан, оҕо саас ыһыаҕа» оҕо түһүлгэтигэр  ыытыллар күрэхтэр балаһыанньата.

Буолар күнэ дьыла: Бэс ыйын 28 күнэ,2022 сыл

Ыытыллар сирэ: Тааһаҕар нэһилиэгэ, «Түһүлгэ» сынньалаӊ парката, Кымыс түһүлгэтэ

Саҕаланыыта: 14 ч.00

Күрэх сыала-соруга: Оҕолорго өбүгэлэрин барҕа баай тылын, норуот уус -уран айымньытын, сахалыы таӊас кэрэтин интэриэьин тардыы,

Күрэх көрүӊнэрэ:

— Оһуохай (1,2 бөлөх кыттар, биирдиилээн кыттыы)

— Саха таӊаһа ( биирдиилээн кыттыы)

— Чабырҕах ( биирдиилээн кыттыы)

Күрэх ирдэбилэ:

— кыттааччы биирдии да, бары көрүӊӊэ да кыттыан сөп

— Сахалыы таӊаһын — сабын толорута,

— Сыанаҕа тутта-хапта сылдьыы, көрдөрүллэр таӊас өрүттэрин арыйыы.

Кыайыыны быһаарар ирдэбиллэр:

-толорооччу маастарыстыбата, толоруута;

-сахалыы таҥас, көстүүм толорута, сиэдэрэйэ;

-куолаһын чуора -кэрэтэ,дьиэрэтиитэ.

— оҺуокай тутулун тутуҺуута

Күрэххэ кыттыы көрүӊ  аайы иһин төлөбүр:

Оҕолор -100 солк.

Билсэр аадырыскыт: Бүлүү улууһа, Тааһаҕар нэһилиэгэ, «Эйгэ» норуот айымньытын дьиэтэ, телефон 35-3-35, 89644153306, 89644154595, 89627382482.

Дата обновления страницы: 23.06.2022