Поиск
Close this search box.

«Саха мандар оһуордаах, сиэдэрэй симэхтээх мааны таӊаһым» саха таӊаһын күрэҕин балаһыанньата.

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, «Эйгэ» НАДь  үбүлүөйдээх 100 сылыгар аналлаах Тааһаҕар нэһилиэгин Үрүӊ Тунах  ыһыаҕар ыытыллар «Саха мандар оһуордаах, сиэдэрэй симэхтээх мааны таӊаһым»  саха таӊаһын  күрэҕин балаһыанньата.

Буолар күнэ-дьыла: Бэс ыйын 28 күнэ,2022 сыл
Ыытыллар сирэ: Тааһаҕар нэһилиэгэ, “Киин түһүлгэ”
Саҕаланыыта: 15 ч 00 м

Күрэх сыала-соруга:
- Саха норуотун национальнай культууратын баай үгэстэрин сөргүтүү,
киэӊ араӊа5а таһаарыы уонна тарҕатыы;
- Саха норуотун айар үгэстэрин сайыннарыы;
- Саха национальнай таӊаһын таӊныы үгэһин олохтооһун уонна
үйэтитии.

Күрэх кыттааччыларыгар ирдэбил:
- күрэххэ биирдиилээн уонна дьиэ кэргэнинэн  кытталлар
- хас биирдии кыттааччыга таӊаһын көрдөрөрүгэр 2-5 мүнүүтэ бэриллэр.
- кыттааччылар таӊастарын көрдөрөллөрүгэр сөптөөх анал музыкалаахтара, сыанаҕа тутта-хапта сылдьарга бэлэмнээх буолаллара ирдэниллэр.

Күрэххэ көрүллэр таӊас көрүӊнэрэ:
- эр киһи ыһыахха кэтэр таӊаһа
- дьахтар ыһыахха кэтэр таӊаһа

Күрэххэ сыаналанар:
- Көрдөрүллэр таӊас саха ииһин үгэстэрин тутуһан тигиллиитэ;
- Саха үгэс буолбут өӊнөрүн тутуһан тигии;
- Сыанаҕа тутта-хапта сылдьыы, көрдөрүллэр таӊас өрүттэрин арыйыы.

Кыттыы иһин хас биирдии кыттааччыттан – 200 солкуобай;

Күрэххэ сайаапкаларгытын бэс ыйын 25 күнүгэр диэри бэриллэр

Күрэх түмүгүнэн: Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, "Эйгэ" НАДь үбүлүөйдээх 100 сылыгар аналлаах Тааһаҕар нэһилиэгин Үрүӊ Тунах ыһыаҕар "Саха мандар оһуордаах, сиэдэрэй симэхтээх мааны таӊаһым" саха таӊаһын күрэҕэр кыттыбытын иһин 1,1,3 миэстэлэр, туоһу суруктар туттарыллаллар.

Билсэр аадырыскыт: Бүлүү улууһа, Тааһаҕар нэһилиэгэ, «Эйгэ» норуот айымньытын дьиэтэ, телефон 35-3-35, 89644153306, 89644154595, 89627382482.

Дата обновления страницы: 23.06.2022