Поиск
Close this search box.

«ОҺуохайдаан ойуохха, эҺиэкэйдээн эйээриэххэ» оҕолорго оҺуокай көрүү — күрэҕин балаҺыанньата

Россия норуоттарын култуураҕа нэҺилиэстибэтин,Саха АССР тэриллибитэ 1️⃣0️⃣0️⃣ сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууҺун Чулуу дьонугар, » Эйгэ» НАДь үбүлүөйдээх 1️⃣0️⃣0️⃣ сылларынан ыытыллар ТааҺаҕар нэҺилиэгин Үрүҥ Тунах ыҺыаҕар Сэрии оҕото, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Үлэ, Культура ветерана,ТааҺаҕар нэҺилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иванова Людмила Егоровна тус бирииҺигэр ыытыллар «ОҺуохайдаан ойуохха, эҺиэкэйдээн эйээриэххэ» оҕолорго оҺуокай көрүү — күрэҕин балаҺыанньата

💠💠Буолар күнэ — дьыла: Бэс ыйын 2️⃣8️⃣ күнэ, 2️⃣0️⃣2️⃣2️⃣ сыл
💠💠Ыытыллар сирэ: ТааҺаҕар нэҺилиэгэ, «ТүҺүлгэ» сынньалаҥ парката
💠💠Саҕаланыыта: 1️⃣4️⃣ чаастан
💠💠Күрэх сыала — соруга:
— саха норуотун фольклорун оҺуохайы үйэтитии, харыстааҺын;
— оҺуохайы толоруу үгэҺин үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии
💠💠Күрэх ирдэбиллэрэ:
— Кыттааччы хоҺуйуута балаҺыанньа быҺыытынан
— ОҺуохай бары түҺүмэхтэрин тутуҺуута;
— куолаҺын кэрэтэ
💠💠
Кыттыы иҺин хас биирдии кыттааччыттан — 2️⃣0️⃣0️⃣ солк.
💠💠Сыаналанар кэриҥнэрэ:
— толору симэҕэ;
— куолаҺын чөллөркөйө;
— этэр тылын эгэлгэтэ
💠💠💠
— Күрэххэ сайаапкаларгытын бэс ыйын 2️⃣6️⃣ күнүгэр диэри бэриллэр
💠💠💠Күрэх түмүгүнэн: 1️⃣, 2️⃣, 3️⃣ миэстэлэр олохтоноллор
💠💠💠

Дата обновления страницы: 23.06.2022